УДОН С КУРИЦЕЙ 😋

Поделиться
HTML-код
  • Опубликовано: 9 сен 2024
  • Биһиэхэ наада:
    * удон лапса - 250 гр;
    * куурусса - 300-350 гр;
    * болгарскай биэрэс - 2 уст;
    * моркуоп - 1 уст;
    * чеснок побега (эбэтэр чеснок 2-3 уст);
    * луук - 1 уст;
    * соевай соус - 100-150 мл;
    * соус терияки - 30-50 мл;
    * кунжут сиэмэ.
    Бастатан туран лапсабытын буһарабыт. Удон лапсатын эрдэттэн оргуйбут туустаах ууга буһарабыт 2-3 мүнүүтэ.
    Куурусса этин, болгарскай биэрэһи уонна моркуобу уһун синньигэс гына соломканан быһабыт. Луугу полукольцами быһабыт.
    Куурусса этин саһарыар диэри ыһаарылыыбыт, ол кэннэ биэрэс, луук, побеги чеснока кутабыт уонна эмиэ икки мүнүүтэ хаппах анныгар буһарабыт.
    Буспут кууруссабытыгар уонна оҕуруот аһыгар бэлэм лапсабытын үрдүтүгэр кутабыт. Соевай уонна терияки соус кутан булкуйабыт. Уонна эмиэ 2-3 мүнүүтэ тэптэрэн ылабыт. Бу курдук лапсабытыгар соуспут, эппит минньигэс соктарын иҥэрэбит.
    Минньигэстик аһааҥ!

Комментарии • 9