Валентин Макаров (Мэҥэ уола) - Суолаҕа (Окорокова Татьяна Титовна сырдык кэриэһигэр)
HTML-код
- Опубликовано: 10 ноя 2024
- Суолаҕа ырыа туһунан.
2011 сыл, сайын, Хабаровскай куорат, Князь-Волконское - 1 военнай гарнизон, 16788 войсковай часть. Бүтүн бригаданан разводка стройдаан турабыт, мин дойдубун Сахам сирин ахтан бөҕөбүн. Платц тула үүммүт чээлэй күөх сэбирдэхтэрдээх мастары көрө-көрө, "Һуу, арай биир күн эмискэ дойдубар баар буола түспэппин ээ" диэн испэр саныыбын, "Бу туруох кэриэтин, Суолаҕа оттуу сылдьыбыт киһи баар инии, эдьиийим Таанньа тугу гына сылдьара буолла? Былырыын баччаларга аймахтары мунньан, үөрэхпин бүтэрбитим иһин малааһын остуолун тэрийбитэ, наһаа үчүгэй күн буолан ааспыта" диэммин эдьиийбин саныыбын. Ол турдахпына төбөбөр матыып кэлэн түһэп, ону строй быыһыгар туран ыллаан көрөбүн, "Дойдубар Суолаҕа, эдьиийбэр Таанньаҕа", туох эрэ ырыа тахсыах курдук диэммин испэр үөрэ санаатым, уонна матыыппын умнубат баҕаттан хос-хос өйбөр ыллаа да ыллаа буолабын. Хата развод кэннэ "Час солдатского письма" оҥордулар, мин онно олорон ырыабын толору суруйарга сананным, хата мин дьолбор хоһоонум бэрт чэпчэкитик төрөөн таҕыста. Аны туран хоһооммун суруйбут кумааҕыбын сүтэрэн кэбиһиэм диэммин, дойдубар почтанан эдьиийбэр ыытан кэбистим. Аҕыйах ыйынан эдьиийбиттэн сурук турабын, хоһооммун ааҕан үөрбүт, матыыбын дойдубар тиийдэхпинэ ыллаан иһитиннэриэм дии санаатым. Биир сыл ааста, дойдубар эргиллэн кэллим, үлэ-хамнас, дьиэ-уот аймалҕаныгар киирэн ырыам дьыалата тохтоон хаалла. 2020 сыллаахха эдьиийим бэлиэ сааһыгар диэн ("уонна бириэмэ көстөн") доҕорбунаан Иван Наумовтыын көмөлөөн ырыаны оҥорон, уһулан таһаарбыппыт. Ырыам, эдьиийим, (СӨ потребкооперациятын туйгуна, Мэҥэ-Хаҥалас Моорук Суолатын бочуоттаах олохтооҕо) Окорокова Татьяна Титовна сырдык кэриэһигэр ананарар.