🗞1921 сыллаахха ахсынньы 28 күнүгэр “Манчаары” хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта.

Поделиться
HTML-код
  • Опубликовано: 8 сен 2024
  • Бу - сахалыы тыллаах судаарыстыбаннай бэчээт уоргана төрүттэммит күнэ. Хаһыаты эрэдээктэр быһыытынан хара бастакыттан тутан-хабан оҥорон таһаарбыт, тарҕаппыт киһинэн Анемподист Софронов-Алампа буолар. Уопсайа, хаһыат 13 нүөмэрэ бэчээттэнэн тахсыбыт.
    ✅Быйыл судаарыстыбаннай “Манчаары” хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта ахсынньыга лоп курдук - 100 сыла👏🏻
    Судаарыстыбаннай сахалыы хаһыат баай историятын, умнуллубат утумун туох да мэлдьэҕэ суох аныгы «Саха сирэ» хаһыат кэлэктиибэ 21 үйэҕэ илдьэ кэллэ.
    📰Күн бүгүн «Саха сирэ» хаһыат нэдиэлэ ахсын 40-нуу балаһанан бэчээттэнэн, өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарынан тарҕанар.

Комментарии •