Тапталы туойабын! "Имэҥ тыын" Пенсионер олоҕо . Бүгүҥҥү таһаарыы - тапталы анаарыы.

Поделиться
HTML-код
  • Опубликовано: 12 ноя 2024

Комментарии • 10

  • @tamarakan5197
    @tamarakan5197 8 месяцев назад

    Киһи сүрэгин ортотунан киирэр айымньылар,наһаа үчүгэйдик аахтың❤

  • @hdhdjnnjfjfjfjcjj7108
    @hdhdjnnjfjfjfjcjj7108 8 месяцев назад

    Красавица булан кордум иьиттим таьаарыыгын .однокурсница Прасковья

  • @АльбинаЕгорова-й3т
    @АльбинаЕгорова-й3т 9 месяцев назад

    Наьаа истин иэйии тыллардаах поэзия.

  • @Marfa-w8t
    @Marfa-w8t 11 месяцев назад +2

    Наһаа сэргээн иһиттим! ❤🎊

  • @ДинаБахсырова
    @ДинаБахсырова 11 месяцев назад

    Тонябын булан көрөн, ааҕан олус диэн астынным, дуоһуйдум. Алтыһан ааспыт эдэркээн кэрэ кэмнэрбитин ахтан, санаан ыллым❤. Ис туругун ыһыллыбакка өр кэмнэргэ кэрэни кэпсии, айа- тута сылдьаргар, дьоҥҥор кэрэхсэтэ, үөрүүнү бэлэх ууна сылдьаргар баҕарабын.

    • @ilSitime
      @ilSitime  11 месяцев назад

      Дина, МАХТААЛ!
      Эдэр саас элэҥнээн хаалара түргэнэ бэрт эбит. Сааһырыы биэтэгэр тиийдэххэ , кэпсиириҥ - сэһэргиириҥ элбиир эбит. Урут саныыр буоларым:" Мемуары суруйар - ахтар сааска диэри таҥхайа кырдьыбатах киһи"- диэн. Ол саас олус түргэнник кэлэриттэн бэйэм даҕаны соһуйдум. Ол эрэн, сааһырыы боруогун, элбэх сэһэнээх - дьоҥҥо тугу эрэ этэр эйгэлээх атыллыыр бэйэтэ уратылаах олох буолар эбит. Эйиэхэ, ыччаттаргар кэрэхсэнэр, кэрэ олоҕу баҕарабын! Миигин сэҥээрэн "сээн" диэбиккэр истиҥ Махтал!

  • @ВалерияМихайлова-д7у
    @ВалерияМихайлова-д7у 11 месяцев назад +3

    😂❤

  • @petrpetrov7592
    @petrpetrov7592 10 месяцев назад +1

    Тоня, ууммут Кун утуэну тустээтин 👋🙏🙏🙏
    Кэлэн иьэр сана Дьылынан истин Э5эрдэ !
    Ал5ас тубэьэ туьэн айымньыны аа5аргын сэргээн иьиттим, айар, Сахалыы тыын баарыттан Уэрдум …🙏🙏🙏
    Искэр Этэр санаа, илбис, турук баарын итэ5эйэр этим…🙏🙏🙏
    Саха саастарын сиппит Дьахталлар эдэр кыргыттарбытыгар эй санаа са5а, субэлии оло5у баарынан олорору уэрэтэ эйдэтэ сырыттаргыт утуэ буолуох этэ…🙏🙏🙏
    Сон са5атынан сыаналанар.
    Эр Киьи Дьахтарынан…
    Омук эмиэ Дьахтарынан сыаналанар…🙏🙏🙏
    Утуэ мааны, тулуурдаах, муударай Саха Дьахталлара буолан Сандаарын 🙏🙏🙏✊✊✊

    • @ilSitime
      @ilSitime  10 месяцев назад

      МАХТААЛ! Киһи , эдэр сылдьан, ахтыыны суруйар - ааспыты анааран ааһар дьоннору таҥхайа кырдьыбыт кырдьаҕастар курдук саныыр. Испэр:" Ахтыы ( Мемуары) суруйар сааспар тиийбэккэ, кэм дьоннор аһыйар саастарыгар сылдьан, бу сиртэн тэйбит киһи"- диэн санаан ааһар этим. Биллэн туран итинник санаа олоҕу билбэттэн уонна бэйэмсэх (эгоист) санааттан тахсар буоллаҕа...
      Сааһырыы сааскы халаан уутун курдук, үөс батааскы биэрбэккэ, өрө сүүрэн кэлэр эбит... Ол эрэн бэйэтэ ураты кэрэлээх буолар эбит. Умсулҕан олох умса - тэннэ түһэн устан ааһарын кытылга олорон оргууй оройдуу одуулуур курдуккун. Пенсия барахсан, биһиги төрөппүттэрбит киэнин курдук, орто хамнас саҕа эбитэ буоллар, үгүс пенсионер үлэлээн муҥнаммакка - эдэрдэргэ мэһэй- таһай буолбакка олоруох эбитэ буолуо... Оннук үгүс дьоҥҥо кыайтараахтаабат. Оҕолор көмөлөһөр эрэ төрөппүттэрэ уонна туспа бэйэни көрүнэн олоро үөрэммит кырдьаҕастар эрэ сынньалаҥҥа баран олордохпут. Дьиҥэр , Саха Сирин олохтооҕор 50 уонна 55 сааска сынньалаҥҥа барыы саамай сөптөөх эбит. Олорор сирбит тыйыс тыына, кытаанах эйгэтэ киһи доруобуйатын биллэ кэбирэтэр. 60-ҥар, 65-кэр диэри , баҕар, үлэлээн муҥнаныан буолуо да... Онтон салҕыы, сынньалаҥҥа буолбакка, эмтэнэр кыһалҕаҕа барар курдук буолан хаалаллар эбит... Онно саамай сүрүннүүр төрүөтүнэн киһи 60-65 сааһыгар тиийэн баран саҥа идэни , саҥа ураты дьарыгы баһылыырыгар кыаҕа тиийбэт буолан хаалар. Сорох сүһүөҕэ мөлтүүр, сорох көрөрө, сорох тус туруга... Ол иһин 45 саастан бэлэмнэнэн50-55 саастан атын эйгэ курдат тус санааҥ хоту олорон бардаххына бириэмэ уһаан биэрэр эбит. Саҥа саҕалааһыннар киһини саҥаттан эрчийэн эрчимирдэн биэрэллэр. Онон ити биэтэги куоттарбат туһугар кыһаллыахха наада. Мин ону ити кэпсии - тириэрдэ сатыыбын.

  • @ilSitime
    @ilSitime  11 месяцев назад

    Хас киһи орто дойдуга баар даҕаны - оччо араас санаа баар буолар... Мин, пенсияҕа олорор киһи буоларым быһыытынан, бэйэм олорон ааспыт олохпун ырытабын. Мин таһаарыыларым мемуары - ааспыты ахтан ааһыы диэн ылынаргытыгар ыҥырабын. Мин кэпсиибин уонна көрдөрөбүн бэйэм сылдьыбыт сирдэрбин, билиһиннэрэбин билсэн ааспыт дьоннорум олохторун туһунан уонна араас дойдулар туох атыннаахтарын.