"ЭМЧИТ БУОЛУУ АЙЫЫ ДЬОҔУРА ДУО?"

Поделиться
HTML-код
  • Опубликовано: 22 апр 2024
  • Сэһэргэһии тиэмэлэрэ:
    •⁠ ⁠Киһи бэйэтин хайдах албыннанар;
    •⁠ ⁠Дьиҥ чахчы уонна албын өй-санаа;
    •⁠ ⁠⁠Сэрииттэн уол оҕону куоттарааһын;
    •⁠ ⁠⁠Эмчит буолуу Айыы дьоҕура дуо?
    •⁠ ⁠⁠Сиэрдэр-туомнар, практикалар, медитациялар духуобунай сайдыы көстүүтүн бэлиэтэ дуо?
    •⁠ ⁠⁠Ойууттар, удаҕаттар- Айылҕаттан айдарыылаах дьон кимнээҕий?
    •⁠ ⁠⁠Хара, Үрүҥ ойуун диэн туох уратылааҕый?
    •⁠ ⁠⁠Дүҥүрдэнии туохха тириэрдэрий?
    •⁠ ⁠⁠Урууна суруктара туох суолталаахтарый?
    •⁠ ⁠⁠Алҕастан, сыыһартан хайдах босхолонобут?
    •⁠ ⁠⁠Духуобунас уонна Итэҕэл икки биир ситимнээх өйдөбүл дуо?
    •⁠ ⁠⁠Личность диэн тугуй?
    Бу каналга подпискаланыҥ уонна саҥа эфирдары куоттарбат курдук чуораанчыгы баттаарыҥ.
    Ыйытыыларгытын уонна санааларгытын комментарийга суруйуҥ.
    Билсэр нүөмэр ватсап нөҥүө: wa.me/message/TWYDLCHOMZBEM1
    "КӨҤҮЛ КУЙААР" үөрэҕин сайта: course.vnematrix.ru/sakhalyy
    1. "ОЛОХ ЭРГИИРЭ/СПИРАЛЬ ЖИЗНИ" сахалыы остуол оонньуутун маҥнайгы версията - 2022с.: course.vnematrix.ru/gamespira...
    2. "СПИРАЛЬ ЖИЗНИ" остуол ооньуута нууччалыы, саҥардыллыбыт толору версия - 2024с: course.vnematrix.ru/gamespiral
    #көҥүлкуйаар #олохэргиирэ #куйаар #таптал #махтал #эрэл #өбүгэ #силис #өбүгэситимэ #өбүгэлиинбииргэ
    Өйөбүл:
    Бу маннык айымньылаах үлэ сайдан иһэрин туһугар, биир дойдулаахтарбыт, биһиэхэ күүс-көмө буолуоххут диэн эрэнэбит, билсэр нүөмэргит: wa.me/message/TWYDLCHOMZBEM1

Комментарии • 83

  • @user-rv7ic2sr4r
    @user-rv7ic2sr4r 16 дней назад +1

    Махтал❤ити дьон куьаҕанын сразу көрөбүн дииллэрин өйдөөбөппүн,мин бастаан дьон үчүгэйин өйдөөн көрөбүн

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  16 дней назад

      Махтал санааҕын атастаспыккар, суруйбуккар! 🩵

  • @user-ks2os2jg6g
    @user-ks2os2jg6g Месяц назад +7

    Ити сэриигэ елбут дьон дууьалара быыьанар диэн сепке эттэ🙏оннук бо олох туьугар елбут киьи ырайга барар

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Махтал санааҕын суруйбуккар ❤️

    • @user-un6re5kh2g
      @user-un6re5kh2g 27 дней назад

      Сахаларга ырай диэн суох.Хас биирдии саха киһитэ бу орто дойдуга олорор олоҕун орто сүрүнүн тутуһан сиэрдээхтик түмүктүүргэ дьулуһар.Киһи тыыннаах сылдьарын тухары үтүөнү үксэтэн,сырдыгы саҕан кэлэр кэнчээри ыччата кэскилэ кэхтибэтин туһугар кыһаллар-мүһэллэр.Ол инниттэн аньыыны-хараны,сэти-сэмэни оҥорортон тумнар үгэстээх этэ

    • @user-ks2os2jg6g
      @user-ks2os2jg6g 16 дней назад

      Баар бары омукка, дьон бары ырайга, райга бара сатыыр еллегунэ, былыр ол иьин аньыыны оцорума адка барыан диир этилэр, ол аата Рай баар ол иьин

  • @user-yg8cy4sh4i
    @user-yg8cy4sh4i Месяц назад +11

    Олох чахчы сахалыы саҥаран тиэрдэргит буоллар бэрт буолуо этэ.
    Духовнай сайдыы - киһи бэйэтин тапталын арыйан, тулалыыр эйгэтин тапталынан, үтүөннэн көрөрө, саныыра дии саныыбын.
    Эһиги этиигитигэр сөпсүһэбин бииргэ.
    Эт, балык да сиир киһи, медитация да оҥорбот киһи духовнай сайдыыга кэлэр диибин. Киһи ис бэйэтин туруга, кута ырааһа дьэ кырдьык сайдыы.
    Өссө биир суол.
    Киһи бэйэтин бырастыы гынан хомолтолорун, эготын суох оҥоруута бу баар ыарахан. Онтон киһи тургутуу ааһан барытын уйар, тулуйар ааһар.
    Онтон ити итэҕэл диэҥҥэ арыый сыыһаҕыт дуу диибин.
    Ийэ Айылҕа, сир - уот бэйэтэ көрдүүр, маанылатар, Холобур.
    Алаадьыны бытырытар, кэмпиэти суутуттан ылларар, эмис сыаны, эти, кымыһы, быырпаҕы, аһыы утаҕы көрдүүр кэмигэр, эрэ көрдүүр.
    Ол эрэн киһи тыаҕа айылҕаҕа, сири -уоту аһатарга абааһылары буолбакка, иччилэри маанылыыгын.
    Өссө бииргэ иҥниэм этэ.
    Үрүҥ Аар Айыы Тойон Таҥарам Саха эр бэрдэрэ этэҥҥэ сылдьан, төрөөбүт төрүт буордарыгар төннөн, чиҥник бигэтик үктэнэллэрин туһугар айах тутан маанылаан, көрдөһөн эрэбин диэн этиэххэ сөп.
    Аһаа сиэ - диэн төрүт этиллибэт диэн этэ.
    Ойууннааһын уонна удаҕаннааһын - итэҕэл, тирэх, сүдү биир эмиэ Саха норуотун Чараас Эйгэтэ. Ону хайдах да дьону сымыйа диэбэппин. Хас биирдии сахаҕа Ытык өбүгэтин бэлэҕэ, Ийэ Айылҕатын айдарыыта, Улуу иччилэрин сүүрээнэ баар.
    Эһиги эмиэ оннук, дьоҥҥо бэйэҕит үөрэххитин, билиигитин тиэрдин диэн үөһэттэн ыйан кэрдэн биэрдэхтэрэ.
    Махтанабын бэрт сэргэх сэһэргэһиини олох утуйбакка иһиттим.
    Дьиҥ сахалыы, сыыс тыла суох буолара буоллар❤

    • @user-ks2os2jg6g
      @user-ks2os2jg6g Месяц назад

      Махтал итиннэ элбэги быьаарбыккар

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал санааҕытын суруйбуккутугар.

  • @user-zn2km9xl8v
    @user-zn2km9xl8v Месяц назад +6

    Наһаа элбэх бэйэттэн айан куолулааһын элбээтэ. Сахаҕа оҥоһуу ыйаах диэн өйдөбүл баар. Диэбит курдук диэни наһаа да сөбүлээбэппин

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал санааҕытын суруйбуккутугар. Санааҕын сиһилии суруйаргар көрдөһөбүт.

  • @Kristallina662
    @Kristallina662 Месяц назад +1

    Баай дуол баай талыым олох диэни успешность ботах диэтин ди,,, итини мин коннорон этиим, БУ ОЛОХХО БААЙ ТАЛЫЫМ ОЛОХ ХАРЧЫ СЫРДЫГЫНАН КЭЛЛЭХИНЭ УЧУГЭЙ, ЬИСИ АС ТАНАС ДЬИЭ УАТ МАССЫЫНА ММАТЕРИАЛЬНАЙГА СИН БИИР НААДВЙАБЫТ

  • @user-rt2pe8ni7b
    @user-rt2pe8ni7b Месяц назад +6

    СИЭР ИЛЛИҺЭР - ИЛЛИҺЭР СИЭР. Сиэр диэн иитэҕэл ( иитэ аҕал) сүрүн өйдөбүлэ ,сиэрдээх киһи ,киһилии киһи буол,ортотунан оттомнноох буол.Айыы Аймаҕа бары сиэри өйдөөн ,сиэрдээх буоларбыт буоллар ,дэлэҕэ бэрт буолуо этэ.Мындыр өбүгэлэрбит дьиҥэр сүдү билиини билэн ,өйдөөн, өйөөн түҥ быларгыттан хаалларбыттарын ,Сахалар эрэ тутан илдьэ хаалбыттарын өйдөөн ылынан өрө тутарбыт буоллар ,дьэ орто дойдуга сиэр түһэрэрбит буоллар.

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал санааҕытын суруйбуккутугар. Саамай үлэ, барыта бэйэбититтэн саҕаланар. Ити туhунан "ЫЙЫТЫЫЛАРГА ХОРУЙДААҺЫН" эфирга баар, сотору тахсыа.

  • @user-dl9uu3uq5u
    @user-dl9uu3uq5u Месяц назад +2

    Дьон маҥы иһит уонна санааҕын суруйаар диэбиттэрин иһин иһиттим.
    Билигин киһи уһуҥ устууну истэ сатаабат.
    Тыл ох, дьон тылыттан харыстаныы , оҕону быһа саҥарыма, күлбүтүн күнүнэн кэлиэ, сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыан, отонноотоххуна оноойук туолар.
    Киһи эйгэтиттэн улахан тутулуктаах, уоруйаҕы кытта олоруон уоруйах буолуон, олонхоһуту кытта олоруон олонхоһут буолуон.
    Киһи санаа кулута, сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар саха мындыр олоҕо үөрэтэр.
    Бэрт кэпсэтии, оттомноох ырытыы.
    Салгыы истибит киһи диэн санаа үөскээтэ.
    Махтал.

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Олус үчүгэй, махтанабыт!🩵

  • @useruser-cf9dp
    @useruser-cf9dp Месяц назад +2

    Сахалыы куттаах кыргыттар,бэртээхэй теманы кэпсэттигит. Махталларын🙏

  • @user-ol1dq9gn6o
    @user-ol1dq9gn6o Месяц назад +6

    Лидия, Лена наконец то во все услышание истинные ценности ❤

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Махтал истиҥ санааҕар! ❤️

  • @user-mx5jv7og4m
    @user-mx5jv7og4m Месяц назад +4

    Олус туһалаах кэпсэтии, махтанабыт❤❤❤

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Махтал истиҥ санааҕар! ❤️

  • @user-es8rw6tp2d
    @user-es8rw6tp2d Месяц назад +4

    Благодарю за интересную ,содержательную беседу,Елена ,Лидия😍

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Махтал истиҥ санааҕар! ❤️

  • @user-qw6wz6ke8i
    @user-qw6wz6ke8i Месяц назад +3

    Махтал, аныгыскы биэриини куутэбин.

  • @user-sj5ps8iy3v
    @user-sj5ps8iy3v Месяц назад +1

    Махтанабыыыт ❤❤❤

  • @Arika-xc2xw
    @Arika-xc2xw Месяц назад +3

    Елена, Лидия, наһаа үчүгэй кэпсэтии, элбэҕи өйдөтөр. Махтал

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Махтал истиҥ санааҕар! ❤️

  • @user-sq8mf7jo4o
    @user-sq8mf7jo4o Месяц назад +3

    Духовность диэни үчүгэйдик ырыҥалаабат эбиккин, дириҥ өй- санаа, маны үчүгэйдик хасыһан бил.
    Бырастыы диэн тыл , быраас диэни кытта ситимэ суох Сахалыы алы гын диэхтээххин.
    Медитацияны улахан өй- санаа өттүнэн сайдыбыт эрэ дьон оҥорор,, турукка киирэр, оннук дьонунан буолаллар гурулар-махатмалар

    • @user-ks2os2jg6g
      @user-ks2os2jg6g Месяц назад

      Оннук ээ киьи бары бииргэ сатаабат но туьалаах билэрбит, махтал эйиэхэ эмиэ🙏

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад +1

      Үтүө буоллун! Махтал санааҕытын суруйбуккутугар. Киһи опытын, үөрэтиитин "билбэккин" диирин, дьон билиитин-көрүүтүн сыаналаабат буолуу эн санааҕар хайдаҕый? Бэйэн билиигин кытта сиһилии атастаһаргар ыҥырабыт.

  • @useruser-cf9dp
    @useruser-cf9dp Месяц назад +1

    Сана биэриилэри куутэбит🙏

  • @user-il2rr2cu2y
    @user-il2rr2cu2y Месяц назад +3

    Махтал!

  • @user-ov6lr5hl1y
    @user-ov6lr5hl1y Месяц назад +3

    Хара диэн уопсай өйдөбүл, хараҥа дэнэрэ сөп, дьон хараҥа өрүтэ диэн

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал санааҕытын суруйбуккутугар.

  • @user-oo8yk7po7k
    @user-oo8yk7po7k Месяц назад +3

    Мээнэ куолу эрэ ейунэн дьонно тахсааччы элбээтэ, мындыр буолуохха наада

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад +1

      Махтал, оннук, билиҥҥи кэмҥэ араас санаа элбэх. Онон киһи бэйэтиттэн саҕалыан наада, өйүн-санаатын кэҥэтэн, өркөн, мындыр өйү сайыннарарга.

  • @AytalinaSurovatskaya
    @AytalinaSurovatskaya Месяц назад +2

    Махтал ❤

  • @user-zk8tw2kb5r
    @user-zk8tw2kb5r Месяц назад +1

    Үтүө күн!
    Алгыс диэни хайдах быһаарыаҥ этэй уонна алгыска сылдьары туох дии саныыгын? Махтал.

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал ыйытыыгар! Маны эбиһээт ырытыахпыт, списокка киллэрдибит.

  • @user-df1fr3ih7x
    @user-df1fr3ih7x Месяц назад +4

    Туьалаах диибин. Киьи билиэн наада

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Махтал истиҥ санааҕар! ❤️

  • @user-dr3ec2li5g
    @user-dr3ec2li5g Месяц назад

    махтанабын🔮💖🙏

  • @user-ng4ku9wp8z
    @user-ng4ku9wp8z Месяц назад

    Чэ бэт.❤

  • @saymina
    @saymina Месяц назад +4

    Оттон уже оннук төбөҕүн тыыттарбыт буоллаххына хайыыбыный? Ойуун удаҕан проводник барыта энергияҕын сиир дуо? Хайдах көмүскэниэххэ сөбүй ?

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал ыйытыы биэрбиккэр, эппиэтэ "ЫЙЫТЫЫЛАРГА ХОРУЙДААҺЫН" эфирга баар, сотору тахсыа.

  • @AlexAlex-oe1gv
    @AlexAlex-oe1gv Месяц назад

    Киһи тоҕо киһи өлөрүн көрөөт да билэрий хаһан өлөрүн омугуттан тутулуга суох.

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Дорообо! Оннук киһи баар дуо?

    • @user-ks2os2jg6g
      @user-ks2os2jg6g 16 дней назад

      Баарбыт диэччилэр оннуктар

  • @user-fx5zy3lq8s
    @user-fx5zy3lq8s Месяц назад +1

    Кэрэ КЫРГЫТТАР КЭРЭХСЭНЭР КЭПСЭЭННЭЭХ
    "КОН,УЛ КУЙААР"
    СОПКО ААТТАНАН
    УЛЭЛИИ ДЬОН,Н,О ТИИЙЭР КЭПСЭЭННЭЭХ КИЭН, ТУЬУЛГЭ5ИТ КУРУУТУН СЭН,ЭЭРИИЛЭЭХ БУОЛЛУН!
    БАРЫ ТИЭМЭНИ АРЫЙАН ДЬИН, ЧАХЧЫТЫК САХАЛЫЫ БЫЬААРАН КЭПСЭТЭР КЭПСИИР -
    СЕЛЕНА - НАРЫН КУОЛАСТААХ САНА,РАР БИЭРИИНИ ТУСТААХХА ЫЫТАР ЛИДИЯ Э5ЭРДЭ БУОЛЛУН ЭЬИЭХЭ
    СЫРДЫК ЫРААС ЭЙГЭ5ИТ САРДАН,АНАН САНДААРДЫН,
    БАР- ДЬОН ХАЙ5АБЫЛЫН,СОПТООХ ЭППИЭТИН БЫЬААРСАР ДЬОЬУННААХ КЭПСЭТИИ.
    СЕЛЕНА ХОЛКУТА,МУУДАРАЙА, СОПТООХТУК БЫЬААРАН БИЭРЭРЭ КЭРЭХСЭНЭР.
    КЭСКИЛЛЭЭХ УЛЭЛЭРГИТ КЭРЭХСЭНЭ ТУРДУННАР,СЫРДЫК САНААЛАРГЫТ СЫРДЫГЫ СИРДЭЭТИННЭР!
    ТУСКУ! УЙГУ!АЙГЫ!

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө-мааны, сылаас алгыскар барҕа махтал! Киһини кынаттыыр тыллар! ❤️❤️❤️

    • @user-fx5zy3lq8s
      @user-fx5zy3lq8s Месяц назад

      Махтал ТАПТАЛ МАХТАЛ БУОЛЛУН СЫРДЫК КЭРЭ САНАА5АР😍😍😍

  • @user-kf2zt4kw9u
    @user-kf2zt4kw9u Месяц назад +2

    Саамай сеп этиилэр, быьаарыылар буоллулар.

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Махтал истиҥ санааҕар! ❤️

  • @user-mc5wq6dc4f
    @user-mc5wq6dc4f Месяц назад +1

    огону сахалыы уорэтии буотах эбит дуу

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал санааҕытын суруйбуккутугар. Өссө сиһилии эппиккитин суруйуоххут дуо.

  • @user-oo8yk7po7k
    @user-oo8yk7po7k Месяц назад +3

    Сэрии хаьан бутэрий уонна? Ону чопчу этин эрэ наьаа ейдеехтер элбээтилэр дии ете керер, Куйаары кытта ситимнээхпит дииллэр. Сэриии хаьан бутэр? Суппут дьону то5о булбаккын уонна турукка киирээччилэр?

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал санааҕытын суруйбуккутугар. Биһиги көрбүөччү буолбатахпыт, манна этиллэр санаалар сүрүннээн киһи бэйэтин кытта үлэтин, сыһыанын, билиитин туһунан ырытабыт уонна олоххо буолар араас көстүүлэри кэпсэтэбит.

  • @gameleon4048
    @gameleon4048 Месяц назад +1

    То5о учууталлар😅

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал санааҕытын суруйбуккутугар. Өссө сиһилии эппиккитин суруйуоххут дуо.

  • @user-gf4or2ex3d
    @user-gf4or2ex3d Месяц назад +2

    Лену хочу спросить может ли в мужском теле быть женская душа и наоборот?надо ли переделывать себя в таком случае😅

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал ыйытыы биэрбиккэр, бу туһунан өссө "ЫЙЫТЫЫЛАРГА ХОРУЙДААҺЫН" эфирга баар, сотору тахсыа.

  • @saymina
    @saymina Месяц назад +1

    Шаманское зеркало- толи ким кэтиэн сөбүй? Бубенчиктааҕа куһаҕан дуо ол аата?

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал ыйытыы биэрбиккэр, эппиэтэ "ЫЙЫТЫЫЛАРГА ХОРУЙДААҺЫН" эфирга баар, сотору тахсыа.

  • @user-ks2os2jg6g
    @user-ks2os2jg6g Месяц назад +1

    Кондакова номера баар ду

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад +1

      Үтүө буоллун!
      Ватсап нүөмэр: ‪+7 995 988‑83‑88
      Эбэтэр канал описаниятыгар баар ссылканан тутатына суруйуоххутун сөп.

  • @user-nw1ep8lb1i
    @user-nw1ep8lb1i Месяц назад

    Это какой язык?

  • @aisenxdprokonstantinov3897
    @aisenxdprokonstantinov3897 Месяц назад

    Ого торообокко хатан хаалара( замершая) то5о буоларый?

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Өссө төгүл махтал ыйытыыгар! Маны эбиһээт ырытыахпыт, списокка киллэрдибит.

  • @user-ks2os2jg6g
    @user-ks2os2jg6g Месяц назад +2

    Того куруук биир ааты туттар Лида дьэ диэн🤦‍♀

    • @Elena.Kondakova
      @Elena.Kondakova Месяц назад

      Лидиялыын кэпсэтии бара турар дии

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал санааҕын суруйбуккар. Сөп, сыыс тылы суох оҥорорго кыһаллабыт.

  • @user-gf4or2ex3d
    @user-gf4or2ex3d Месяц назад +3

    Про войну начали говорить .сразу ушла в минус .

    • @kenul_kuiaar
      @kenul_kuiaar  Месяц назад

      Үтүө буоллун! Махтал санааҕытын суруйбуккутугар. Барыта кэмигэр буолар ди.

  • @user-ch8fs5jm9d
    @user-ch8fs5jm9d Месяц назад +2

    Махтал!