Айыы кыыһа Айыына - Итэҕэл төрдө биһигиттэн тахсыахтаах.

Поделиться
HTML-код
  • Опубликовано: 24 мар 2024
  • Айыы кыыһа Айыына - бөрөлөөх удаҕан, Куйаар күүһэ түмсүү/үөрэх салайааччыта, билсэр нүөмэр +79681532333
    Аһаҕас телеграм канал t.me/kuyaarkuuhe
    Биэрии автора уонна ыытааччыта Эдуард Баланов
    balanov81?i...
    Выражаем огромную благодарность спонсорам выпуска: Администрации "Алгыс Балаҕана" г.Якутск, ул.Ленина 5/2, корпус 1
    Администрации гостевого дома "Хижина", мкр.Кангалассы. конт.тел +79142972691
    ссылка на страницу hijina_ykt?...

Комментарии • 68

  • @useruser-cf9dp
    @useruser-cf9dp День назад

    Биhиги сахалар эдэр омукпут -диэн сыыhа ейдебулу ыытыма, Тун былыргы омук буолан сайдан ,тахсан кэллэхпит. Ону итэгэйэбин🙏Ол иhин муударайбыт,айылгабыт да ону биhигиттэн ирдиир. Ебугэлэрбит тиэрдэ сатыыллар,талааннаах дьон ненуе.🙏🙏🙏

  • @user-wg9wc7kg2d
    @user-wg9wc7kg2d 7 дней назад

    Олус сепке этэр. Религиялар биир Итэ5эли араас еттуттэн керуу. Махтал❤

  • @user-vp5dx3fx8r
    @user-vp5dx3fx8r День назад

    Сиэр диэн, мин өйдүүрбүнэн, киһи ис культурата буолар.

  • @user-vk7hh8ub7j
    @user-vk7hh8ub7j Месяц назад +7

    Эдэр омукпут дииригэр сөбүлэспэтим. Төттөрүтүн түҥ былыргы омукпут

  • @user-py6yw3nw5v
    @user-py6yw3nw5v 2 месяца назад +9

    Махтал.Эдэр киһи көрүүтэ киэҥэ сөхтөрөр.Саха омук итэҕэлэ сүр күүһэ иһилиннэ..❤

  • @user-pl2tp9vt6g
    @user-pl2tp9vt6g 2 месяца назад +7

    Былааһы сиилиэ суохтаах сиэрдээх киһи диэн этэрэ өйдөммөт. Сиэрэ суох былааһы сиэрдээх киһи дьэ утарыахтаах буоллаҕа.

  • @user-hu5bs5oe9e
    @user-hu5bs5oe9e 2 месяца назад +11

    АЙЫЫ ХААН АЙМАҔА
    КҮН УЛУУҺУН ДЬОНО муҥутуур эдэр омук буолбатах

  • @user-xt7ke2su1e
    @user-xt7ke2su1e Месяц назад +2

    Сахалар кэлии омук буолбатахпыт. Сах саҕаттан киһи аймаҕы тарҕаппыт омукпут.

  • @user-if1qu8tx8s
    @user-if1qu8tx8s 2 месяца назад +7

    Махталларын наьаа Учугэй Биэрии.Айыы Кыыһа Айыына-Дьоннун Сайыннаран иьэрин- Олус Махталлаах.😊❤Бары Үтүөнү.

  • @katerina6093
    @katerina6093 2 месяца назад +3

    Дьону булкуйан бутун эрэ, аан бастаан бэйэгит уунун🙌

  • @user-rr7es1lb3j
    @user-rr7es1lb3j 2 месяца назад +4

    Айыы кыыһа Айыынаҕа ,махтал.
    Үчүгэй ,сырдык ыраас биэриигэ.😊

  • @user-om2ir8rm3e
    @user-om2ir8rm3e Месяц назад +1

    Улэхитин иьин,махтал буолуохтун!🙌🙌🙌☺️

  • @user-vb6lb8zj6e
    @user-vb6lb8zj6e 2 месяца назад +4

    👋Аламай күн сыламынан! Нөрүөн нөргүй! Махтал! Таптал! ❤ Ил-эйэ 🕊️ Үчүгэй күннэртэн биирдэстэрэ үүммүтүнэн!

  • @Sargy_geolog
    @Sargy_geolog 2 месяца назад +5

    Махтал! Ылынарбын ылынным❤

  • @uraanaokunai474
    @uraanaokunai474 22 дня назад +1

    Генетиктэр: саха омуга олус древняй омук, ол иһин сахаларга эрэ көстөр 5 (ду?) генетич. ыарыы баар - дииллэр.
    Оннооҕор хааҥҥытын эдэр омук (нуучча, немец) хаанынан саҥардыҥ диэн сүбэлииллэр эбит.
    Итини өссө перестройка саҕана, хотуннан-соҕурууннан араас балыыһалары, институттары кэрийэн, генет. ыарыылаах оҕотун эмтэтэ сатаабыт ийэ кэпсээн соһуппута.
    Наука этэринэн нуучча омукка быраат буолбакка убай эбиппит.
    Оҕо дьонун истэн саҥарарга үөрэнэр.
    Ол курдук, эдэр омук кырдьаҕас омук тылын хайдах истэринэн, тыла хайдах өҕүллэринэн уларытан ылан илдьэ сылдьар, туттар.
    Нуучча тыла 30% сахалыы - тюркизм.
    Тормоз - туора мас,
    Талант - талан ылбыттара - избранный,
    Кремль - күрүөлэммит сир,
    Штаны - ыстан, акка ыстанан таҕыс. Хоту тымныы сир олохтоохторо бастаан ыстааннаннахпыт.
    Өс - закон
    Аан эриллиик өс.
    Эриллиик - религия,
    Аан эргийиик - энергия.
    Бө Аҕа - Бог
    Русский - уруу уус (былыр биһиги курдук, күҥҥэ, уокка сүгүрүйэллэрин иһин уруурҕаан ааттабыппыт. Билигин, ол итэҕэллэриттэн тобоҕо, православнай храмнарга чүмэчи эрэ хаала сылдьар)
    уо.д.а.

  • @user-es9zb7pv9l
    @user-es9zb7pv9l 2 месяца назад +8

    Бу итэҕэлгэ ыҥырар үөрэххитин наһаа сыаналаамаҥ, харчы төлөөн элбэх киһи кэлбэтэ буолуо дии саныыбын, элбэх киһи үөрэниэн баҕардаххытына сыаналаах гынымаҥ диэн санаабын этэбин, аны итэҕэл дьиэтин маннык көрөбүн холобур санааҕа ылларан дуу мунаахсыйан дуу сороҕор киһи уоскуйа сатыырыгар ол итэҕэл дьиэтигэр тиийэн уоскуйан кэлэр дьиэтин курдук көрөбүн эмиэ киириитэ босхо
    Чэ быһаччы таҥара Дьиэтин курдук.

  • @user-lp8to3on5o
    @user-lp8to3on5o День назад

    Олус үчүгэй биэрии, истиҥ баҕайытык кэпсиир, үксүн ылынабын, сөпсүһэбин, махтаал.

  • @user-nj6hn7rn1d
    @user-nj6hn7rn1d Месяц назад +1

    Айыынаҕа махтал, бэйэҥ билиигин үллэстибиккэр❤ тахсыыны, тапталы

  • @user-jf3xf1kv8q
    @user-jf3xf1kv8q 2 месяца назад +15

    Даа элбэхтик муна һылдьар оҕо дьахтар эбит, өссө да үөрэниэн наада. Ол гынан баран араас омук итэҕэлин ырытан буолбатах. Кинигэннэн үөрэнэрэ эмиэ һыыһа. Һаха буолла да билиэхтээх киһи куйаары кытта көхсүнэн, арҕаһынан һитим тутар, дэлэҕэ өбүгэлэрбит этэн кээһиэхтэрэ дуо, Көхсүттэн көнтөстөөх, Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы аймаҕабыт диэн. Уонна киһи кута түөһүнэн көтөр, өллө да тута арахсар, ол иһин киһи өллө да тута дууһата көттүн диэн бордууһунаны, түннүгү аһаллар. Дьахтар яичныгар ийэ кута һуох буолар, эр киһи һиэмэтэ ийэ куттаах буолар. Ол куйаартан кэлэр. Ол иһин былыр былыргаттан дьахтары Адам ойоҕоһуттан оҥорбуттара диэн этэлллэр атын омуктар, онтон һаха дьахтар киһи буолбатах дииллэр, дьахтар эр киһи һыһыарыыта диэн этэллэр. Ону токкуйдааҥ тоҕо өбүгэлэрбит итинник этэллэрин. Һаха итэҕэлэр былыргы итэҕэл ханнык да итэҕэл үөскүөн инниттэн баар итэҕэл. Кондаков итэҕэлэ диэн һыыһа этэр Кондаков былыргы итэҕэли һөргүтээччи, тилиннэрээччи диэн ылыныллыахтаах, Кондаков үлэлэрин үөрэттэҕинэ һатаныыһы, атын итэҕл гиэнин үөрэтэн баран бэйэ гиэнин аахайбат буолуу һыыһа, хайдах ойун итэҕэлэ дии һылдьыахха һөбүй.

    • @Brotella
      @Brotella Месяц назад

      Альхамдулилях 🤲

    • @user-jc5xl2kw5c
      @user-jc5xl2kw5c Месяц назад

      Хайа

    • @AlexAlex-oe1gv
      @AlexAlex-oe1gv 19 дней назад

      Кондаков көннөрү киһи сымыйанан ону маны суруйдаҕа тугу билиэй аба хомуһуна суох сылдьан ойуунcуйбута буола сылдьыбыт киһи.

  • @user-qo1hs4pt6e
    @user-qo1hs4pt6e 2 месяца назад +2

    Эдэр киһи саҥалыы Итэҕэли ырытара истэргэ кэрэхсибиллээх. Итэҕэлгэ наһаа хайдыһыы, арахсыы тахсыбытын сөпкө өйдөөн көрбүт. Саха Итэҕэлэ үксэ билигин оҕо остуоруйатын сказкатын санатар буоллаҕа. Үрдүк Итэҕэлгэ дьиҥнээх итэҕэл философията олохтоно, өйдөнө илик. Кырдьаҕастарбыт бары догматтар үксүн, эдэрдэр өссө Итэҕэл сүнньүн үөрэтэ иликтэр. Догматтар элбэхтэрэ атахтыыр. Онтон Истина баар уонна ону дьоннор ситэ үөрэтэ, өйдүү иликтэр. Итэҕэл үксүн Кут Сүр сөпкө таҥылларын ситиһэ сатыыр буоллаҕа. Киһи кутун-сүрүн сөпкө таҥыныахтаах, бу Куйаар сокуоннарын сөпкө өйдөөн уо д а, уо д .а.

  • @lec1262
    @lec1262 2 месяца назад +4

    Сиэр - правила диэн курдук. Сиэрдээх буол - правильнай буол. Сиэргэ барыта киирэр туттарбыт хаптарбыт, сахалыы санарабыт, Саха буоларбыт, эйгэ, өбүгэ ситимэ, традиция итд. Сыыьа халты туттубат гына уорэтии - сиэр туом баар. Итэ5эл сахаларга - Киһи бэйэтиттэн саҕалаан, өбүгэлэрэ, иччилэрэ, харысхаллара, араҥаччылара, араас таҥаралар уонна үс сири тутан турар Үрүҥ Аар Тойон. Саха итэҕэлэ аан бастаан үөскээбит ол иһин тыллар маарыҥнаһаллар атын омугу кытта. Ол кэннэ атын омук итэҕэллэрэ үөскүүр.

  • @user-bn1qh5bg6d
    @user-bn1qh5bg6d 14 дней назад

    Сахастан диэн государство .баар эбит былыр согуруу персия диэкки сахалар кыргысидэлээх оиуктар эбит ол иьин кыргыллан хоту ууруллэн кэлбиттэр !!!

  • @user-fg7uw7to4z
    @user-fg7uw7to4z 2 месяца назад +3

    Киһи алҕас саҥарарын маныыр сыыһа дии саныыбын Сүрүнэ д дьоҥҥо,тулалыыр эйгэтигэр мөкунү оҥороро кутталлаах Алы гыныҥ,биһиэхэ,сахаларга ,дьону саба саҥарар мөкү быһыы баар

  • @Tupsuuna2023
    @Tupsuuna2023 2 месяца назад +4

    Итэҕэлбит туһунан эмиэ туспа өйдөбүлү соҥнооччу эбит.

  • @user-dy1jh9wn3t
    @user-dy1jh9wn3t 2 месяца назад +2

    Эдуард бэйэтэ дириҥ сэрэйиилээх, өйдөбүллээх эбит
    диэн санаа эрэ хаалла кэпсэтииттэн…

  • @user-vi4zy5hv6n
    @user-vi4zy5hv6n 2 месяца назад

    Араас ейдебул баар буоллун ээ , дэлби ырытан меккуьэн биир ейдебулу Ьаха булуо❤

  • @Brotella
    @Brotella Месяц назад +1

    Мин ытыктыыр ойуунум Хара таала , кини киһи ауратын ыраастыыр бөҕөргөтөр хараны халбарытар кини быдан элбэҕи билэр уонна өйдөнүмтүө гына быһаарар .

    • @AlexAlex-oe1gv
      @AlexAlex-oe1gv 22 дня назад

      Үнтү бардьыгынаан итэҕэттэҕэ дии харатаала . Шизофрениктэри итэҕэн уһун сонномокун .

  • @lidiaatomy
    @lidiaatomy 2 месяца назад +2

    Мин биири билиэхпин ба5арабын, ону биирдэ эмэ Айыл5алаах киьини ыныран кэпсэттэххинэ ыйытыан дуо? 🙏то5о аймахха ким эбит аннараа дойдуга барда5ына, хайа эрэ бириэмэ5э или хас эмэ сылынан аймахтарыгар, о5рлоругар, сиэннэригэр сана о5о кун сирин корор, даже о5оломмокко сылдьыбыт дьон биир эбит чугас киьилэрэ суох буолла5ына дьэ о5олоноллор эбит ди, итини билиэхпин ба5арабын, то5о оннук буоларын, элбэх Айыл5алаа5ы истэбин да ким да5аны кэпсээбэт

    • @uraanaokunai474
      @uraanaokunai474 22 дня назад

      "Сахаларга ананар" ютуб каналга Бырдыка сиэнэ Ээ Дуо Аар кэпсиир:
      Саха аҕыйах, ол иһин биир саха оннугар саҥа саха кэлэр.

  • @user-cb7cu8gi6r
    @user-cb7cu8gi6r День назад

    Айыы кыыһа Айыына үгүс санаатын кытта сөбүлэһэбин, махтал. Айыы Таҥара диэн нууччалыы Творец эбэтэр Создатель буолар. Бу Орто дойдуга дьон үксэ Айыы Таҥараҕа үҥэр. Ол да буоллар ону үксэ өйдөөбөт:- биһиэнэ сөптөөх, эһиэнэ сыыһа, наар биир таҥараҕа үҥэ сылдьар эрээрилэр. Сахалар христианство инниттэн Айыыга үҥэллэр этэ, ол иһин сиэрдээх норуот этэ. Ону христианствонан бутуйаннар, бэйэтин сиэрин сүтэрэ сыыспыта. Дьиҥинэн Иисус сөптөөх сиэрдээх үөрэҕи аҕалбыта. Ону баайдаахтар, өҥөлөөхтөр бу үөрэҕи бэйэлэрин тустарыгар түбэһэр гына, библияны суруйбуттара уонна атыннык законнары ылыммыттара. Айыы Таҥара иннигэр ханнык баҕарар киһи тэҥ бырааптаах, ол эбэтэр оҕолуун да, кырдьаҕастыын да, эр киһи да дьахтар да. Бу дойдуга төннөн кэлэр буоллаххына эр киһи да эбэтэр дьахтар да буолуоххун син. Онтон кэлэн баран дьахтар буоллаххына эбэтэр эр киһи, ол оруолларын сөпкө толоруохтааххын. Эн бэйэҥ манна кэлэргэр талбытын, ону толоруохтааххын. Төптөрү оҥоруо суохтааххын. Онтон Айыы иннигэр бары тэҥмит. Сахалар биһи итэҕэлбит саамай сөп диирбит сыыһа. Бары биир Таҥараҕа үҥэбит. Онон бу Орто Дойдуга биир Айыы тыыннаах, Айыы тапталлаах уонна күүстээх Айыы дьонноро буолабыт.

  • @user-jk8fs2rg3c
    @user-jk8fs2rg3c 2 месяца назад +4

    Аныгыс эфиргэ Хара Тааланы ыҥыраарыҥ.

    • @AlexAlex-oe1gv
      @AlexAlex-oe1gv 2 месяца назад +2

      😂Бардьыҥыныы -бардьыҥыныы Саха буолун сахалыы ааттаныын диэҕэ ону истээри гынаҕын дуо?

  • @user-ww6vi4yj6v
    @user-ww6vi4yj6v 2 месяца назад +2

    Наьа учугэйдик кэпсиир махтал🙌🙏

  • @user-qj9ob1jp4c
    @user-qj9ob1jp4c 2 месяца назад +3

    Былаас утары барыа суохтааххыт диэн эппитэ элбэги биллэрдэ. Проект эбит. Пять джи игин диэн саха итэгэлигэр туох да сыьыана суох. Ткм более нвк канал былаас карманнай сми та.

  • @user-sg5wb7zc2u
    @user-sg5wb7zc2u 2 месяца назад

    Ил Эйэ❤

  • @user-nj6hn7rn1d
    @user-nj6hn7rn1d Месяц назад +1

    Айыына, контаккын хантан булабыт?

  • @user-wo6wb4it3k
    @user-wo6wb4it3k 2 месяца назад +1

    Дорооболорун. Онтон КС тереебут о5о5о хайда5ый?

  • @xaachylaana
    @xaachylaana 2 месяца назад +6

    Итэҕэл - Вера.
    Итэҕэл үөрэҕэ - религия.
    Саатар маны билбэт эбит.
    Ити кэпсиир омуктара итэҕэллээхтэрэ билэллэр: Саха - Древний Народ, дииллэр.
    Якут - молодой народ, без веры, без языка, без имени, дииллэр.
    Психологтар кэпсииллэрин сахалыы тылбаастаан кэпсиир дии.

    • @user-ff7vb9cn3u
      @user-ff7vb9cn3u 2 месяца назад +2

      Саха итэҕэллээх киһи кута-сүрэ тостубат, бэйэтэ охтон, сүтэн биэрбэт.
      Саха өбүгэлээх тугу барытын сатыыр, кыайар, хотор.
      Саха тыла иччилээх, тугу күүскэ баҕарбыта, алҕаабыта ол туолар.

    • @user-ff7vb9cn3u
      @user-ff7vb9cn3u 2 месяца назад +1

      Якут-Итэгэлэ суох, кута-сюрэ суох

    • @uraanaokunai474
      @uraanaokunai474 22 дня назад

      ​@@user-ff7vb9cn3u Нууччалар Ийэ Куттаахтар диэн якут диэбиттэр.
      Ийэ кут - якут

  • @user-fk6nr8ih5p
    @user-fk6nr8ih5p 2 месяца назад +2

    Айыы кыыһа Айыына үөрэххин ханна истэбин , ааҕабын ? Хамаандаҕар киириэхпин баҕардым .

    • @user-dz2uo1uj3w
      @user-dz2uo1uj3w 2 месяца назад

      Куйаар кууьэ диэн эттэ ди телеграмна баар группа

    • @user-oz5vm8dr5c
      @user-oz5vm8dr5c 2 месяца назад

      Телеграмма булбатым ди

    • @user-oz5vm8dr5c
      @user-oz5vm8dr5c 2 месяца назад

      Буллум буллум

  • @AlexAlex-oe1gv
    @AlexAlex-oe1gv 22 дня назад +2

    Историяны билбэт буолан баран тоҕо сымыйанан Чингис хаантан төрүттээхпит диигин Чингисхан бэҕэһээнҥэ дылы тохур саабылатын тутан баран лапти атах таҥастаах нууччалары үнтү сыспыта. Буряттар байкалтан кэлбиттэрэ сахалар төрүкү олохтоох омук. Хата эн котенкаҕа киирэн көрдөрүнүөн этэ..

  • @SaaraDan
    @SaaraDan Месяц назад

    😂

  • @user-es9zb7pv9l
    @user-es9zb7pv9l 2 месяца назад +1

    Эһиэхэ сыыгынас тыас иһиллэр дуо ? Истэргэ мэһэйдиир эбит

    • @nikolaypopov9603
      @nikolaypopov9603 2 месяца назад

      Иһиллэр, мэһэйдиир тугу эрэ шливопкалыы сылдьаллар, чуумпу сир көстүбэтэх быһылаах

    • @kuuhar_kuttaax
      @kuuhar_kuttaax 2 месяца назад

      Махтанабын ❤

  • @user-bv9gf8ey9k
    @user-bv9gf8ey9k 2 месяца назад +2

    ЭТЭН,Н,Э БУОЛУН, БААР СУОХ САХА ДЬОНО!!!БУ БАЛТЫКААММЫТ АН,ААРЫН НУУЧЧАЛЫЫ КЭПСИИР ТО5О...АЙЫЫ О5ОТО ОТТО САП САХАЛЫЫ САН,АРЫА ЭТЭ БУО....

  • @AlexAlex-oe1gv
    @AlexAlex-oe1gv 2 месяца назад +4

    Чэ- чэ сыбыс сымыйанан хомуһуна да суох буолан баран ону- маны айбыта буолуман.

  • @alexandracheryomkina7686
    @alexandracheryomkina7686 Месяц назад

    Ейденер гына кэпсиир. Истэн бара турабын.. Хаста да истэбин.. Элбэги биллим. Сайда тур.. Билсиэхпит

  • @user-gw5ks3dh1i
    @user-gw5ks3dh1i 2 месяца назад +11

    Олох тугу да өйбөөбөтүм,кинигэ билиитин сахалыы кэпсии сатыыр курдуккут.Алы гынын 🙌🏻

    • @Sakhakuuha
      @Sakhakuuha 2 месяца назад

      Ол аата айыл5а уерэ5иттэн ырааххын

    • @user-gw5ks3dh1i
      @user-gw5ks3dh1i 2 месяца назад +1

      Толору баһылаабыт диэн суох ини,киһи билбэтэ үгүс.Бэйэккэлээх бэйэбит төрүт тылбытын толору билбэккэ сылдьан ,саныыр санаабытын сааһылаан сахалыы тылынан толору этиммэппитинин тухары ,ситэтэ суох буолар,дьон өйдөөбөт ,ылынара ыарахан .

    • @user-gw5ks3dh1i
      @user-gw5ks3dh1i 2 месяца назад +2

      Айылҕа үөрэҕэ айылҕаҕа баар ,дьон тылыгар буотах.Киһи көрөн,истэн,сыттаан,тыытан,амсайан билэн эрдэҕэ Айылҕаттан.

    • @user-mj9pn1is4c
      @user-mj9pn1is4c 17 дней назад

      Тун былыргы дьоммут ээ сахалар