Галина Шахурдина. "Ньургуһунна бэлэхтээ".

Поделиться
HTML-код
  • Опубликовано: 10 ноя 2024
  • Петр Тобуруокап тыллара
    Аркадий Алексеев мелодията.
    "Ньургуһунна бэлэхтээ"
    Көтө-дайа кустуктана,
    Көрө-истэ туллуктана
    Хоспор куруук кииримэ,
    Куппун-сүрбүн иирдимэ.
    Хос ырыата:
    Ол эрэн эн сэрэнэҥҥин,
    Оргууй аҕай үктэнэҥҥин,
    Чуумпу хоспун сэгэтээр,
    Ньургуһунна бэлэхтээр!
    Көмүс куорсун кыталыктар
    Көмүс сааспын илдьэ баартар,
    Чаҕылыҥнас кырыалар
    Чанчыктарбын саппыттар.
    Хос ырыата.
    Ньургуһунум баҕар эмиэ
    Дууһам уотун тилиннэриэ,
    Умнубуту санатыа,
    Уйадыта ыллатыа.
    Ол эрэн эн сэрэнэҥҥин,
    Оргууй аҕай .үктэнэҥҥин,
    Чуумпу хоспун сэгэтээр,
    Ньургуһунна бэлэхтээр!
    Хос ырыата.

Комментарии •