Сайын кэллэ | Кыра уолбун кытта айылҕаҕа

Поделиться
HTML-код
  • Опубликовано: 28 апр 2024

Комментарии • 180

  • @user-db4yz2wk2y
    @user-db4yz2wk2y Месяц назад +54

    О5ону сахалыы санарда уерэтиэххэ сеп эбит диэн холобур👍

  • @LP-nk4bf
    @LP-nk4bf Месяц назад +17

    Уолгут сахалыы саҥарара наһаа үчүгэй, улааппыт ди❤❤❤❤❤

  • @user-tt6vp8sh2e
    @user-tt6vp8sh2e Месяц назад +16

    Уол улааппыт. Маладьыастар сахалыы саҥараргытын истэ истэ үөрэбин.

  • @zinaiqazaxarova3666
    @zinaiqazaxarova3666 Месяц назад +31

    Уйбануоптарга уруй айхал, ил эйэ 😊🙌🕊️😍

  • @user-lw4ui8zk5b
    @user-lw4ui8zk5b Месяц назад +24

    Саха эмиэрикээнэстэригэр Уйбаныаптарга сахалыы нөрүөн-нөргүй буолуохтун❤❤❤😊

  • @user-rz3tm2rs9d
    @user-rz3tm2rs9d Месяц назад +15

    Үтүө киэһээнэн! Айылҕалара биһиэнин санатар: баҕа батаһа
    , кустар эҥин, чыычаах, көрөр саҥата бөҕө. Уолчаан хаана тардар, айылҕаны барытын билэ-көрө сатыыр.

  • @user-om1dt6hv6s
    @user-om1dt6hv6s Месяц назад +10

    Уолчаан бороохтуйбут, суурэ киьи буолбут. Тереебут тылын умуннарбакка кэпсэтэргит хай5аллаах эрэ. Молодцы. Этэннэ эрэ буолун.

  • @user-fq6dr2qk3p
    @user-fq6dr2qk3p Месяц назад +22

    Наьаа да учугэй сахалыы санара, быьаарса сылдьара👍

  • @user-rd4pw7vv2c
    @user-rd4pw7vv2c Месяц назад +11

    Э5эрдэ Уйбануоптарга ! О5олор сахалыы санараллара олус бэрт , Америка бэйэлээх сиргэ ! Маладьыастар ❤

  • @chunuskhaan7952
    @chunuskhaan7952 Месяц назад +23

    Дорообо учуей моменнарынан олоххутун толорон дьоллоох доруобай буолун хаьан эрэ уолун улаатан бу биидьиги керуе дьи наьаа учуей буолааччы

  • @user-lr2bd9ys4v
    @user-lr2bd9ys4v Месяц назад +9

    Эгэрдэ эьиэхэ Уйбаныаптарга ❤👏👍 Бэртээхэй биэриилэргэр махтал✊

  • @slgtsaa2515
    @slgtsaa2515 Месяц назад +21

    Э5эрдэ Уйбаныаптарга .Наьаа олус учугэй ыалгыт.👍

  • @user-pk7xb3rv8v
    @user-pk7xb3rv8v Месяц назад +9

    Уолчаан улааппыт 😍. Барытын сэҥээрэр, сонурҕуур, кэпсээнэ элбэх ❤. Төрөөбүт тылынан толору быһаарсар, санаатын этэр 👍👏👏. Этэҥҥэ сайдыылаах дьоһун киһи буола улааттын ✊

  • @user-un6re5kh2g
    @user-un6re5kh2g Месяц назад +28

    Кырачаан 👦🏻саҥата-иҥэтэ чуопчааран сүрдээх😍👍🏻😁

  • @nyurgu_m1245
    @nyurgu_m1245 Месяц назад +19

    Дэвидпыт чахчы улааппыт❤ 😊 чукурук, тыл-өссө мааны , барыны быһаарсар буолбут😄👍

  • @user-gn1sq6ym1k
    @user-gn1sq6ym1k Месяц назад +7

    Дэвид уол огото буолан улаат, тороппуттэрин отой маладьыастар, достойный своего народа кытаат бары учугэйи✊💪👍

  • @user-fx1ss3ho7z
    @user-fx1ss3ho7z Месяц назад +5

    Уйбаныаптарга, сайын кэлбитинэн! 👍👍👍👏👏👏🙌🙌🙌 Өссө элбэх репортажтары ыытар инигит диэн эрэнэ хаалыахха...
    Этэҥҥэ эрэ буолун🙏🙏🙏

  • @user-fb6ll8bk8u
    @user-fb6ll8bk8u Месяц назад +8

    👏👏👏 уол улааппыт наһаа маладьыас сахалыы саҥар , кэпсээнэ элбэҕин этэҥҥэ буоллун. 😍🎉🔥

  • @user-fc1gv5jr2s
    @user-fc1gv5jr2s Месяц назад +4

    Киьи уерэр Валерка курдук а5алары кердеххе👍 О5олорун кытары оонньоон, кэпсэтэ сылдьаллара наьаа учугэй. Иитии-такайыы диэн итинник буолла5а дии. Маладьыастар👏👏👏

  • @user-ok7oq9pe4m
    @user-ok7oq9pe4m Месяц назад +5

    ❤ Маладьыастар этэннэ эрэ буоллун ....

  • @user-bu4xh2hg1z
    @user-bu4xh2hg1z Месяц назад +35

    Биьиги оголорбут сахалыы сацарбаттар дии2 аан дойлуну барытын буруйдуубут буолар буолбат тэрээьин бегете онтубут барыта дьиэ кэргэнтэн , айылгаттан тутулуктаах эбит😊 маладьыастар

    • @user-he2cz6lp5p
      @user-he2cz6lp5p Месяц назад +7

      Оннук

    • @user-or6wk4kf1x
      @user-or6wk4kf1x Месяц назад +6

      Оннук, сепке этэ5ит. О5ону сахалыы санарарга тереппуттэр улахан оруоллаахтар, оскуола5а, детсадка сэлээннээбэккэ эрэ. Керун бу ыраах дойдуга сылдьар о5о хайдах курдук сахалыы санарар. Онон о5олоргутун, сиэннэргитин сахалыы санарарга хасса суох уерэтин. Тылбытын сутэрэр куттал баар. Эбээннэргэ курдук Иенгра диэн дэриэбинэ5э о5олоро олох эбээннии санарбаттар в быту. Ону биирдэ биир кыыс ийэтин сэмэлиир этэ то5о эбээн тылын уерэхпэтэххиний диир, туораттан истэргэ наьаа хомолтолоох этэ. Ити суол биьигини да сахалары кэтэьэр :((.

    • @user-il2jq2qf3k
      @user-il2jq2qf3k Месяц назад +1

      Нуучалыы саҥарыах иннигэр, эбээлэр, эһээлэр сиэркилҕэ көрүнүөххүтүн наада... төрөппүттэр эмиэ...билигин 80-90 сыллар буолбатахтар, никто не "упрекает, что вы говорите на родном языке"!!!

    • @markovod95
      @markovod95 29 дней назад +1

      Оннук, дьиэ иһиттэн тахсар барыта. Оскуолаҕа киирдэххэ алын кылаас оҕолоро бары нууччалыы саҥараллар, ити саха оскуолатыгар😔

  • @user-ps2xs3lq6m
    @user-ps2xs3lq6m Месяц назад +33

    Хата өрүөл Сахалыы саҥарар эбит.

  • @user-nl4iy8kl2g
    @user-nl4iy8kl2g Месяц назад +5

    Кыра уол улааппыт,маладьыастар огону айылгага салгынна сырытыннарар аьара бэрт буо.Кытаатын хайа кыалларынан айылгалыын алтыьан иьин

  • @user-pp3xl3uh1v
    @user-pp3xl3uh1v Месяц назад +5

    Ньэээээ чукурук наЬаа шладкай дии кини❤❤❤ улааппыт а5ай, саната элбээбит. Сахалыы чуопчааран сурдээх🥰🥰🥰

  • @user-bu4ld2go4b
    @user-bu4ld2go4b Месяц назад +17

    Валерий оҕотун наһаа таптыыр саҥата иһиллэр❤👍☀️

  • @user-vo1nv9gd4k
    @user-vo1nv9gd4k Месяц назад +18

    Итиччэ ыраах дойдуга саха о5ото сахалыы сан'аран чуопчаарара тугун минньигэhэй!

  • @doorller358
    @doorller358 Месяц назад +4

    1000 сылынан маннык омук олорон ааспыт диен история5а хаалыа. молодецтар. устан хааллар иьин документацияны.

  • @doras3613
    @doras3613 Месяц назад +4

    Интеллект үрдүк эбит❤

  • @user-wv6kb9ho3r
    @user-wv6kb9ho3r Месяц назад +5

    Эҕэрдэ эһиэхэ, тоҕо үчүгэйэй, маладьыастар 👍👍👍

  • @guzairovasardana
    @guzairovasardana Месяц назад +8

    Уол улааппыт👍👍👍👍 саха твлын саҥарара олус үчүгэй истэргэ маладьыастар умуннарыман саха тылын

  • @user-he2cz6lp5p
    @user-he2cz6lp5p Месяц назад +20

    Кыра уол улааппыт

  • @user-ue5pk9oq4g
    @user-ue5pk9oq4g Месяц назад +4

    Уйбануоптарга эгэрдэ, кыра уол улааппыт, саната элбээбит❤

  • @user-kl3ss7ot4y
    @user-kl3ss7ot4y Месяц назад +5

    Саха уолаттара, дьэ чахчы❤

  • @user-ho9mx5qf5m
    @user-ho9mx5qf5m Месяц назад +2

    Оо😂кырачаан Дэвид сытыы киhи буолан эрэр эбит. Учукурук😘отой кыра да этэ, харахпытыгар улаатта, барахсан сага бегете🤣🤣боттойо, боттойо, керуутэ элбээбит, саамай билиэн, керуен багарар кэмэ, кытаатан кере сылдьын, сахалыы бэркэ сагарар эбит, барахсан доруобай эрэ сырыттын, этэнгэ буолун бары🙏Бэртээхэй эфир👍👍👍

  • @user-xi3ew5et5j
    @user-xi3ew5et5j Месяц назад +3

    Чукучоок Каабыккабыт улаатан хаалбыт дии,дьо4ун ки4и буолбут🥰Уйбануоптарга э5эрдэ,уруй-айхал! Дом! Дом! Дом!

  • @user-xl1sp7he8t
    @user-xl1sp7he8t Месяц назад +14

    Эгэрдэээ,сайын кэлбитинэн ❤❤❤

  • @romanivanov1312
    @romanivanov1312 Месяц назад +11

    Уйбаныаптарга Эҕэрдэ ! Саха айылҕа оҕото,айылҕаҕа чугаспыт,ол бэлиэтин көрөбүт.Дьиҥнээх сахалар эһиги буолаҕыт,төрөөбүт билин билбэт киһи саха диэн буолбат буоллаҕа.

    • @romanivanov1312
      @romanivanov1312 Месяц назад +1

      Тылын диэни сыыһа баттаабыппын.

  • @varvaravarya3145
    @varvaravarya3145 Месяц назад +21

    Манна Дьокускай куорат о5олоро улахан анаара сахалыы ейдеебеттере да, санарбаттар да хомолтолоох.

    • @user-Jaagur
      @user-Jaagur Месяц назад +3

      Улууска эмиэ аҥардара эмиэ саҥарбаттар сахалыы, хата Америка тиийэн сахалыы саҥараллар эбит дии

    • @user-yb5cc5dw2k
      @user-yb5cc5dw2k 15 дней назад

      Мин уолум детсадка барыан иннинэ сахалыы эрэ саҥарар этэ, детсад кэннэ нуччалыы эрэ чаҕаарар, сахалыы саҥарыан баҕарбат, а так өйдүүр. Бу оҕо эмиэ сотору оннук буолара боло

  • @user-li5jm2eq8p
    @user-li5jm2eq8p Месяц назад +7

    Бары үтүөнү сырдыгы ырааһы 🎉🎉🎉🎉🎉🎉🎉Этэҥҥэ!

  • @user-ih2md4yb3b
    @user-ih2md4yb3b Месяц назад +6

    Чукурук улааппыт,саҥа инэ буолбут,барытын интириэһиргиир

  • @user-dp5kp1oe1b
    @user-dp5kp1oe1b Месяц назад +6

    Кырачаан бырааппыт наьаа Минньигэсчээй🥰😘👍

  • @user-Jaagur
    @user-Jaagur Месяц назад +4

    Туку тук тукуруукум, буку бук букурукум ....😊

  • @user-uljirflrjl
    @user-uljirflrjl Месяц назад +3

    Үчүгэй видео буолбут. Лайк туруордум. 👍

  • @user-ni5wm8tu3y
    @user-ni5wm8tu3y 26 дней назад +2

    Наһаа минньигэстик саҥарар, өссө ханыы наада кыра Убаайга, улахаттар улаатаннар этэҥҥэ 💕

  • @user-hw2ej2vo7b
    @user-hw2ej2vo7b Месяц назад +6

    Айылҕалыын алтыһан астыныы бөҕө, чээн 😊 маладьыастар. Эҕэрдэ Уйбануоптарга

  • @user-pu8be5li8r
    @user-pu8be5li8r Месяц назад +11

    Эҕэрдэ,уйбануоптарга,наһаа үчүгэй амеркаҕа сахалыы саҥа,маладьыастар өбүгэ сиэрин туомун салҕаан

  • @user-bi3el3xc2t
    @user-bi3el3xc2t Месяц назад +10

    Саха киһитэ хаһан баҕарар айылҕаҕа талаһар буоллаҕа .Валера суолта биэрэн кырачаан Дэвиды алтыһыннарбытын көрөн үөрдүбүт .Барыта этэҥҥэ буоллун

  • @SofyaIvanovna
    @SofyaIvanovna Месяц назад +5

    Маладьыастар,сахалыы санардын,уолчаан улааппыт

  • @user-ge9hk2eu1u
    @user-ge9hk2eu1u Месяц назад +3

    Девидкэ дьоллоох оҕо сааһы❤

  • @user-xd3ky1eu3b
    @user-xd3ky1eu3b Месяц назад +6

    Астынан бо ого барахсан 👍

  • @user-cx1dg1le2q
    @user-cx1dg1le2q Месяц назад +31

    Маладьыастар о5олоро торообут тылларынан санараллар манна Яутскайга тороппуттэр о5олорун нууччалыы санараллар дьаабы дьэ, корун эрэ ыраах Америка5а о5олоро сахалыы санараллар 🤔

  • @user-zi9mn2jo7g
    @user-zi9mn2jo7g Месяц назад +10

    Дэвид улааппыт, сана атын толору этэр буолбут❤

  • @user-jp9xu4vu2p
    @user-jp9xu4vu2p Месяц назад +7

    Ребенок билингв растет👍

  • @user-eu1ny5lv5w
    @user-eu1ny5lv5w Месяц назад +3

    Дэвид улааппыт а5ай 😊👍

  • @johncochren47
    @johncochren47 Месяц назад +10

    Бэрт да бэрт,кыра уол сахалыы саҥарара,англия тылынан уонна саҥарыа көҥүллүк👍Bye,see you later!👋😅

  • @user-wx8rj3os7z
    @user-wx8rj3os7z Месяц назад +7

    Оҕолоргутун ааттарын сахалыыга уларытаргыт буоллар,өссө үчүгэй буолуох этэ❤

    • @DarkhaaN_YKT
      @DarkhaaN_YKT Месяц назад +3

      Дабыыд диэн буолар буо саха сиригэр кэллэгинэ 😊

  • @user-op4ty9hj1j
    @user-op4ty9hj1j Месяц назад +4

    Куорэгэй ыллыыр👍

  • @user-jp9xu4vu2p
    @user-jp9xu4vu2p Месяц назад +18

    У вас исследовательский стержень есть, журналисткий независимый взгляд. Документальные фильмы можете снять или сделать какой нибудь проект созидательный

  • @zettanik6001
    @zettanik6001 Месяц назад +5

    УРУЙ АЙХАЛ!!!😊❤

  • @doorller358
    @doorller358 Месяц назад +3

    вообще крутой дьоннут. элбэхтэ устун. нвк саха каналыттан ордук канал буолбут.

  • @Xagin16862
    @Xagin16862 Месяц назад +2

    Оҕолорун төрөөбүт тылынан иитэллэрэ олус хайҕаллаах😊 Төһө да ыраах сырытталлар, оҕолорун өбүгэлэрин ситимнэриттэн, силистэриттэн-мутуктарыттан, ийэ тылтан быспаттара олус үчүгэй, атыттарга холобур буолар😊🎉🎉🎉

  • @user-br4yj3hs2z
    @user-br4yj3hs2z Месяц назад +8

    Уолбут улааппыт

  • @kirink1861
    @kirink1861 17 дней назад +2

    Ээчукурук, наьаа утугэй киьи🤗😍🤞

  • @itegelfd19
    @itegelfd19 24 дня назад +2

    Уйбаныаптар маладьыастар❤
    Тугун бэрдэй-кэрэтэй😊
    Истэн олус үөрдүм, сахалыы тыыҥҥытын тута сылдьаргыт олус кэрэхсибиллээх!
    Этэҥҥэ сылдьын❤ киэн туттабын❤

  • @user-sc4ce9mt2m
    @user-sc4ce9mt2m Месяц назад +5

    Кырачаан улааппыт👶 итииргээбит, кып кыьыл буолаахтаабыт😄😊

  • @tatjna379
    @tatjna379 Месяц назад +3

    махтал,айыльа кенул...кыра киьи полиглот,сахалыы,ньууччалыы,англискайдыы...

  • @albinapopova252
    @albinapopova252 Месяц назад +2

    Илиитин сиэбигэр уктар эҥин 😃

  • @user-bu4ld2go4b
    @user-bu4ld2go4b Месяц назад +6

    Учукурук Давидушка😘маладьыас саҥа-иҥэ бөҕөтө👍👏

  • @user-ib4dc2sf9q
    @user-ib4dc2sf9q Месяц назад +2

    Кабышок сацата мип минньигэс.Улаатан хоройбут 5:10

  • @user-mi9ju3td3x
    @user-mi9ju3td3x Месяц назад +7

    Ии чыкырык Саха Уола❤❤❤

  • @user-zs4ql7sm9s
    @user-zs4ql7sm9s Месяц назад +2

    Улааппыт Дэвид.❤😍

  • @user-yb9es7dj4p
    @user-yb9es7dj4p Месяц назад +9

    Эҕэрдэ Уйбаныаптарга!

  • @user-pr6kc4bj5j
    @user-pr6kc4bj5j Месяц назад +2

    Ээ чукучук, наһаа минньигэс киһи🥰

  • @doras3613
    @doras3613 Месяц назад +2

    Сахалыы тэҥҥэ быһаарсар.Истиэххэ үчүгэйин ини

  • @vd4700
    @vd4700 Месяц назад +2

    Дэвид уже санарар буолбут😂, сахалыы игин🎉

  • @user-pd7rw3th8e
    @user-pd7rw3th8e Месяц назад +2

    Этэннэ эрэ буолун❤❤❤

  • @Manyasha1996
    @Manyasha1996 Месяц назад +4

    Как красиво! А наш парк весь попкорном и сладкой ватой провонял.

  • @vyacheslavkuzmin3629
    @vyacheslavkuzmin3629 Месяц назад +5

    Манна биир стример табаарыhын о5ото нууччаалыы эрэ санарар этэ ону ыйытпыппар сайдыы буо диэбитэ онтон манна сайдылаах дойду о5олоро сахалыы санараллар эбит ду😂

  • @user-pm1ve9tf6k
    @user-pm1ve9tf6k Месяц назад +5

    Улааппыт дии кыра киьи ❤

  • @user-rz3tm2rs9d
    @user-rz3tm2rs9d Месяц назад +3

    Салгыҥҥа сылдьан, минньигэстик утуйар буолуохтаах.

  • @user-rz3tm2rs9d
    @user-rz3tm2rs9d Месяц назад +3

    Көрсүөххэ диэри дэтиҥ.

  • @user-er6mj6rh3l
    @user-er6mj6rh3l 29 дней назад +2

    Как круто ❤молодцы учукучук мин огом кцрдук дии😂

  • @user-gf1oz8mc9x
    @user-gf1oz8mc9x Месяц назад +4

    Маладьыастар

  • @user-pp3xl3uh1v
    @user-pp3xl3uh1v Месяц назад +3

    Саха сиригэр олорор о5олорбут нууччалыы эрэ санараллар. О5ону дьиэ иЬигэр сахалыы санарда уорэттэххэ санараллар эээ.

  • @doras3613
    @doras3613 Месяц назад +2

    Дорооболорун!Дэвид улаатан сүүрэ көтө,саҥарара сылдьара киһи эрэ үөрэ көрөр оҕото.Кубаны көрдө дьол саргы тосхойдун

  • @user-rz3tm2rs9d
    @user-rz3tm2rs9d Месяц назад +3

    Өссө күөрэгэй баара буолуо.

  • @user-cmorlwe
    @user-cmorlwe Месяц назад +6

    Дорообо Yлэн туhунан устарын буоллар

  • @user-bg3fp8qf1i
    @user-bg3fp8qf1i Месяц назад +3

    Наhаа учугэй ди погодагыт биhиэхэ кэлэ хаар ардах туhэр 😔

  • @egorsergeev4982
    @egorsergeev4982 Месяц назад +5

    Ойбонуоптарга.УРУЙ АЙХАЛ

  • @user-ne3cz7nf5s
    @user-ne3cz7nf5s Месяц назад +8

    С твоим Отцом знаком👍

  • @JulieG007
    @JulieG007 Месяц назад +5

    Уоль да уоль🥰🫠

  • @user-bc2zw4dh9t
    @user-bc2zw4dh9t Месяц назад +3

    Дэвид❤

  • @user-jl4uq6no7m
    @user-jl4uq6no7m 27 дней назад +2

    Итиннэ олох дьаьах учугэй дуо?

  • @user-dj7ix6pd2t
    @user-dj7ix6pd2t Месяц назад +2

    Маладьыастар ❤🙌

  • @user-pr5tp5io3g
    @user-pr5tp5io3g Месяц назад +13

    Хата сахалыы саҥарар эбит дии❤Детсадка сылдьыбат дуо?

    • @user-hj9fb2um4y
      @user-hj9fb2um4y Месяц назад +4

      Сылдьар, английскайдыы сотору саҥарара боло

    • @uibanuoptar
      @uibanuoptar  Месяц назад +2

      Детсадка сылдьар, онно английскайдыы эрэ саҥарар 😅

    • @svbv5169
      @svbv5169 Месяц назад +1

      Биьиги оголорбут садикка дылы нууччалыы спасибо эрэ диэн билэр буолааччылар😅

  • @user-rq5bc9ym3r
    @user-rq5bc9ym3r Месяц назад +3

    Улааппыт, саҥарар буолбут. Чохоон көстөр дуо?

  • @Bilaajik
    @Bilaajik Месяц назад +3

    Атын дьон о5ото улаатара тургэнэ диибин диэн, бэйэбит киэммит син биир😂

  • @user-ge7pu4zj9o
    @user-ge7pu4zj9o Месяц назад +4

    Этэҥҥэ буолуҥ❤

  • @user-wc2ms9dp7b
    @user-wc2ms9dp7b Месяц назад +6

    Сахалыы саҥарда үөрэппиккит үчүгэй эбит

  • @user-rz3tm2rs9d
    @user-rz3tm2rs9d Месяц назад +2

    Кымырдаҕастара ытырбаттар бһх.