Анна Барашкова - Бэйэм бэйэбэр

Поделиться
HTML-код
  • Опубликовано: 20 сен 2024
  • БЭЙЭМ БЭЙЭБЭР
    Анна Барашкова тыллара
    Хааллым мин бэйэм бэйэбэр
    Хааллардым ыраах кэннибэр,
    Кыыhырсыбыт харахтары
    Өйдөспөт хаҕыс тыллары,
    Барытыгар кутаа буолан
    Умайарбыттан куотунан,
    Хааллым күүспүн ордорунан
    Сэниэбин харыстаан.
    Хос ырыата:
    Бэйэбэр бэйэм хааламмын
    Санаабын сааһыланаммын,
    Уhунун-киэҥин таламмын
    Өс-санаам сайҕаныа,
    Куhаҕанын умна сатаан
    Үчүгэйин талан ылан,
    Сырдыкка эрэ тардыhан
    Олоҕум салҕаныа.
    Төннөн кэлэн бэрсээрибин
    Сылааскын иҥэрээрибин,
    Алдьаммыты аптаарыбын
    Эмиэ бүтүн гынаарыбын,
    Муҥура биллибэт үөhээ
    Оргуйар сүрэҕим күөhэ,
    Көттө чэпчэкитик дайа
    Күн суоhун батыhа.
    Хос ырыата.

Комментарии • 30

  • @Eugeniakershingolts
    @Eugeniakershingolts 2 года назад +38

    Помню начало нулевых когда была совсем маленькая и жила в России в Якутске❤️, оставаясь дома одна с бабушкой слушала по якутскому радио эту песню и под неё показывала бабушке концерт, сейчас живу в США нашла перевод этой песни и это теперь мой жизненный девиз! «Сырдыкка эрэ тарды5ан оло5ум сал5анэ»спасибо Вам Анна за Ваши прекрасные песни, Вы оставили вечный отпечаток в моём сердце 🙏🏻

  • @ДьулуруйарНьургунБоотур-т4т

    2023 сылга көрөр, истэр буоллаххына лайк!

  • @еленакартузова-с8к
    @еленакартузова-с8к 2 года назад +17

    Судургу тыллартан наһаа да дириҥ ис хоһоонноох ырыалары айбыт эбит. Улахан талаантан тахсар буоллаҕа...

  • @Аня-2-2-2
    @Аня-2-2-2 Год назад +5

    На5аа да талааннаах, на5аа да кэрэ кыыс барахсан🙏 эдэр эрдэхпиттэн истэбин, ки5и надайыал буолбат кини ырыаларыгар.

  • @harakihi
    @harakihi Год назад +4

    Сүрдээх кэрэ, нарын, уйан, истиҥ дууһа эбит. Айымньытыттан көрдөххо. Дьарыктаммыта буоллар үчүгэй ырыаһыт буолуо эбит, куолаһа үчүгэй

  • @ДерсуУзала-д4ч
    @ДерсуУзала-д4ч Год назад +7

    ❤хаарыан ырыаһыттар киһи хомойуох эрдэ күн сириттэн күрэнэллэр сөбүлээн истэр ырыаһытым этэ

  • @АннаМатвеева-н5х
    @АннаМатвеева-н5х Год назад +4

    Ыарахан олохтоого ырыаларыттан кестер,бэйэтэ Анна наьаа сырдык киьи буолан ырыаларынан иэйиитин таьаардага

  • @nadejdapetrova3103
    @nadejdapetrova3103 Год назад +7

    Анна Барашкова туьунан 1987с.Мэн,э -Хан,алас Балыктаа5ар сылдьан армия5а бииргэ сулууспалаабыт уолбар ыалдьыттыы сылдьан истибитим.Ол са5ана куолаьын эрэ истэн баран наьаа кэрэ,нарын киьи быьыылаах дии санаабытым.

    • @mikescott2056
      @mikescott2056 Год назад

      онтукайын не то да ?:)

  • @АннаМатвеева-н5х
    @АннаМатвеева-н5х 3 месяца назад +1

    Анна айбыт ырыаларыттан кестер дии хайдах ыарахан олохтоого ....ол иьин эрдэ бардага ,хаарыан ырыаьыт кыыс😢

  • @МусяАрг
    @МусяАрг Год назад +10

    Наһаа да үчүгэй ырыа.

  • @АндрейЕгоров-з3и
    @АндрейЕгоров-з3и 2 года назад +9

    Наьаа да учугэй ырыаьыт, быдан дьылларга быраьаай

  • @Чугдаараханаала
    @Чугдаараханаала 2 года назад +6

    кэнники ыллаабыт ырыаларыттан биирдэстэрэ. 2000 сыллардаахха этэ. то ли 2001-2002 диэбит курдук этэ. Эбэтэр олох даҕаны 2003 с. дуу

  • @user-bk3zr7kh6l
    @user-bk3zr7kh6l Год назад +5

    Хайдах инник кэрэ киһини хомотуохха сөбүй😢

    • @ЕкатеринаИванова-ф7ъ
      @ЕкатеринаИванова-ф7ъ 2 месяца назад

      Хаарыан киһи, төһө эрэ элбэх ырыаны айара хааллаҕа, кэргэнэ кырбыыр эбит...

  • @ПавелДавыдов-з9х
    @ПавелДавыдов-з9х 11 месяцев назад +3

    Олоҕо салҕамматах😢хаарыан кэрэ аҥаар

  • @rodriguez.....229
    @rodriguez.....229 Год назад +1

    Биьиги Аанчыкпыт кэрэ куолас ❤

  • @user-rk2xt7sw4e
    @user-rk2xt7sw4e 2 года назад +5

    🙏🙏🙏✊👍🕯

  • @Полиназахарова-я3в
    @Полиназахарова-я3в 2 месяца назад

    Как жалко 😢

  • @СофьяИванова-ю8о
    @СофьяИванова-ю8о 2 года назад +6

    Хас сыллаахха ыллаабытый?

  • @klimyakovlev254
    @klimyakovlev254 6 месяцев назад

    Олус учугэй куолас❤❤❤

  • @numbinho
    @numbinho 7 месяцев назад

    легенда

  • @user-se2qr7ze1o
    @user-se2qr7ze1o Год назад +2

    Дьикти киhини тардар куоластаах этэ.

  • @АнатолийЕвсеев-п4э
    @АнатолийЕвсеев-п4э 2 месяца назад

    Хаарыан кыычы сибэкки курдук кичини эрдэ курэппиттэр.

  • @ВераЧокурова-щ1з
    @ВераЧокурова-щ1з 4 месяца назад +1

    Самородок якутский!