Миигин ыыт, тутума (let it go, отпусти и забудь на якутском)
HTML-код
- Опубликовано: 19 ноя 2024
- Данное видео опубликовано с целью поддержки якутского языка.
Если вы хотите видеть мультфильмы или мультсериалы на якутском в качественном дублированном переводе пишите ваши мнения в комментариях.
Для связи new. id3...
Текст песни
Текст Миигин ыыт, тутума (let it go, отпусти и забудь на якутском)
А
Тибии түстэ чыпчаал хайаҕа
Тулалыыр хаар маҥан! (тоника)
Чуумпу чысхааннаах (вверх) дойду
Хотуна ‘ буоллум мин.
Сүрэхпэр тыал ытыйар, буурҕа буурҕайар ,
Киһи сиэринэн сыһыан табыл-лы-бат.
В
Кистэлэҥҥин эн аһыма,
Барыларыгар үтүө кыыс буол!
Иэйиигин эн искэр хатаа!
Ону кыайбатым!
С
Миигин ыыт, тутума
Ааспыты санатыма!
Миигин ыыт, тутума
Саҥа күн суолбун ыйыа!
Туохтан да аны толлубаппын (один звук Тоника)
Тибии да тибийдин
Тымныы - мин сүрэҕим иэйиитэ!
А
Мин үөһээ дабайан сүүрэбин
Килэрийэр мууска,
Ааспыт хомолтолоох кэмнэр
Аны кэлэн булбаттар.
В
Аналбын дьэ өрө туттум
Хаардыын, тыаллыын кэпсэтэбин (выше и ниже),
Тоҥ муустарга үөрүү биллим,
Көҥүл!
С
Миигин ыыт, тутума,
Мин эйгэм тымныы халлаан,
Миигин ыыт, тутума,
Сонньуйар харах уута суох,
Кырыа хаар уонна ыраас тоҥ муус,
Мин чөмчүүк алаһам! (без кодетты)
D
Мин кыаҕым сир араҥатыттан толлубат,
Мин дууһам мууһунан туланы бүттүү бүрүйэр,
Санааларым муус чопчулуу сандаараллар!
Аны төннүбэппин эбээт,
Урут уруккуга.
С
Миигин ыыт, тутума!
Мин көттүм саҥа олоххо!
Миигин ыыт, тутума,
Дьүкээбил уота оонньоо!
Мин көрсүөм
Маҥнайгы саһарҕаны.
Тибии да түстүн -
Тымныы мин сүрэҕим иэйиитэ!