Where are they from this is really good music, I understand some words like "birge"probably means together. Can someone give information about this great musicians please. Love from Turkey these songs are dope!
These are singers from Yakutia, Yakutia is a republic part of Russia. The first singer in the video is my relative, his name was Nikolaev Semen, Unfortunately, he is no longer here; as a result of an accident, he left the middle world in 1998.
Бэркэ таҥан оҥорбуккут. Уруккута да, хойуккута да астыктар. Тэҥниир наадата суох. Уостан түспэт ырыа🤩👍👏👏👏Сэмэн ырыалара кур💖💖💖
Алыптаах дор5оонно куустаран...
Семён Иванович Николаев 1966 сыллаахха алтынньы 11 кунугэр Ньурба улууьун Антоновка нэьилиэгэр Николаевтар дьиэ кэргэннэ бэьис о5оннон кун сирин кербутэ. Ийэтэ Николаева Анна Андреевна ыанньыксыт, а5ата Иван Иванович сылгыьыт. Уон о5ону иитэн таьаарбыттара.
Сэмэн оскуола5а киириэн инниттэн ырыа куттаа5а биллибитэ. 1973-1983 сылларга Антоновка оскуолатынар уерэнэрин тухары уус-уран самодеятельность активнай кыттыылаа5а буолбута.
Бастакы хоьооннорун 7 кыыласка уерэнэ сылдьан суруйара биллибитэ. 1983 сыллаахха оскуоланы бутэрэн баран тереебут совхоьугар путёвканнан улэлээбитэ. 1984-1986 сылларга ытык иэьин толорон Советскай Армия5а Красноярскай кыраайга сулууспалаан кэлбитэ. Армияттан кэлэригэр хоьооннорун хомуурунньуктаан а5албыта.
1987 с. Антоновкатаа5ы культура киинигэр киирбитэ уонна бастакы "Куочайым" диэн ырыатын ыллаабыта. 1988 сыллаахха "Им" беле5у тэрийбитэ 1989 сыллаахха Дьокуускайдаа5ы культпросвет училище5а "режиссер" отделениятыгар уерэнэ киирбитэ,кэтэхтэн уерэнэн 1993 сыллаахха бутэрбитэ. Тереебут нэьилиэгэр "Туьулгэ" культура киинигэр режиссердаабыта. Туруорар улэлэригэр бэйэтэ сурун оруолу толороро. Холобур, "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олонхо5о сурун геройу Ньургун Боотур оруолун толорбута уонна "Кыьыл ойуун" спектакылга абааьы оруолун толорбута.
Кини 1990 сылтан мелодистар "Кыраьа" диэн айар тумсуулэрин чилиэнэ "Дьокуускай-89" конкурс дипломана, "Ырыа ыьыа5а", "Горнай-91", "Чуона-94", Дьокуускайга "Урун чёмчуук-96" конкурстарга лауреат урдук аатын ылбыта.
Билигин дьон уоьуттан туспэт ырыалара "Ньургуйаана", "Маннайгы уураьыы", "Билбэт кыыспар", "Куочайым" уо.д.а.
Ол хоЬоонноруттан бааллар дуо? Аймахтарыгар баар буолуон сеп.
Кыһыл ойуун оруолун эмиэ толорор этэ
Кыһыл ойуун оруолун эмиэ толорор этэ
Николаев Семён Иванович 11.10.1966 с.-17.06.1998 с.
Сэмэн 1966 с. Алтынньы 11 күнүгэр Николаевтар дьиэ кэргэннэригэр 5-с оҕоннон күн сирин көрбүтэ .
Ийэтэ Николаева Анна Андреевна - Герой ийэ , аҕата Николаев Иван Иванович .
Сэмэн оскуолаҕа киириэн инниттэн ырыа куттааҕа биллибитэ.
1973-1983 с.с. Антоновка орто оскуолатыгар үөрэнэрин тухары самодеятельность көхтөөх кыттыылааҕа буолааччы . Бастакы хоһооннорун 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан суруйбута . Советскай Армияҕа 1984-1986 с.с. ытык иэһин толорон кэлэригэр хоһооннорун сборник курдук хомуурунньуктаан аҕалбыта .
1987 с. Антоновкатааҕы кулуупка үлэлии киирбитэ уонна бастакы ырыатын "Куочайын" ыллаабыта .
1989 с. "Им" бөлөҕү тэрийсэн үлэлээбитэ.
1989 с. Дьокуускайдааҕы культпросвет училищеҕа "режиссёр" отделениятыгар үөрэххэ киирэн 1993 с. бүтэрбитэ .
Туруорар үлэлэригэр бэйэтэ сүрүн оруоллары толорооччу .
1995 с. Дьокуускай куоракка үлэлии көһөн барбыта . Онно ЕНМЦ дьиэтигэр студия звукозаписи тэрийэн үлэлээбитэ . Элбэх айар , ыллыыр талааннаах дьону суруйан фондаҕа хаалларбыта . Саамай айар талаанын чыпчаалыгар сылдьан 1998 с. баара-суоҕа 31 сааһыгар былаҕайга былдьанан күн сириттэн суох буолбута .
Сэмэн ырыаларын Никииппэр Сэмиэнэп , Игорь Егоров , Аркадий Сыроежко , Николай Донской , Иван Руфов , Динара Егорова уо.д.а. биллэр ырыаһыттар ыллыыллар
уоль ДК Сааска, Им белех тыыннах♥️
За душу берет
*Дьиэм үөһэ ый тыкта
Тулабар уу чуумпу
Арай эн уйан сүрэхпэр
-----------------------...*
Маннык тыллардаах ырыалаах этэ
Им белех тыннааах👍✊
Хаарыан талаан.... үчүгэй да ырыалары айан хаалларбыт, саҥа билэбит ((
❤❤❤😊🎉
"Куутэбин эйигин кун курдук бэйэ5ин" ырыата хит этэ, элбэх киЬи ыллыыр этэ. Ону эмиэ таЬаараргыт буоллар 🙏
Итиннэ дискэлэрин таһыгар" Им" ансамбль сирэйэ буоларбын 2019 с билбитим
Барахсаныы❤ Им белех диската хантан булуохха себуй?
Where are they from this is really good music, I understand some words like "birge"probably means together. Can someone give information about this great musicians please. Love from Turkey these songs are dope!
Yes, you right birge means together 😊 They are for Sakha Yakutia
These are singers from Yakutia, Yakutia is a republic part of Russia. The first singer in the video is my relative, his name was Nikolaev Semen, Unfortunately, he is no longer here; as a result of an accident, he left the middle world in 1998.
Эдэр сааьыгар ууга былдьаммыта.
👍
Семен тембра олус сэдэх, учугэй, атыттартан ураты, ырыаны киэргэтэр
Сэмэн барахсан😔, Биэрэ Сааска игин🤗
учей да ырыаа
Сардаана диэн ырыалаах этэ, ол ырыаны баар буоллагыҕына таһаараҕыт да?
буллубут да угуохпут
Ньургуйаананы этэгит быьыылаах
Уруккута ордук
Солист группы лучше поет и голос красивый