Дьахтар сырдык күһүннээх

Поделиться
HTML-код
  • Опубликовано: 10 ноя 2024
  • Сайа 40 сааһын ааһарыгар олоҕум күһүҥҥүтүн бэлиэр көрсөн эрэбин диэн "Мин күһүҥҥүм" диэн хоһоону суруйбут. Кини атын хоһоонноругар хастыы да ырыа баар буоллаҕына, бу хоһоону ким да ырыа гынарга санамматаҕа билигин дьикти курдук. Арай 2021 с. күһүн дьүөгэлиилэри Өлүөнэ очуостарыгар устууга ыҥырбыттар. Онно теплоходка Сайа айар киэһэтин торумнаабыттар эбит. Ырыа суруйааччы дьүөгэлэр Хадаана (Тамара Попова) уонна Дунаайа (Фатина Иванова) иккиэн олорон Сайабыт күһүҥҥү хоһоонугар ырыабыт суох эбит дэспиттэр. "Бэйи, хоһооннорун өссө көрүөххэ эрэ" диэн Хадаана дьүөгэтин "Алтан сэргэм" диэн халыҥ кинигэтин ылбыт уонна мүччү тутан, сиргэ түһэрбит. Арай кинигэ "Мин күһүҥҥүм" диэн хоһоонунан арылла сытар эбит. Хадаана "мин манна ырыа суруйабын" диэн тута тыл ыһыктыбыт. Дьэ ол курдук бу хоһооҥҥо мелодия үөскээн, "Дьахтар сырдык күһүннээх" диэн ырыа айыллыбыт. Сайа саҥа ырыаны элбэхтик истэн эрэ баран санаатын этэр бэйэтэ, бу ырыаны истээт, тута сөбүлээбитин биллэрбит. Онон ырыа аан бастаан дьүөгэлэр "Сунтаар суһума" ансаамбылларын толоруутугар Өлүөнэ өрүс үрдүгэр иһиллибит.
    "Сунтаар суһума" ансаамбыл бу иннинэ "Сырдык сулус буолан", "Ходуһа вальса" ырыаларга килииптэри устубуттарын дьон сөбүлээн көрөр. Килиип быйыл кулун тутар 9 күнүгэр дьон-сэргэ иннигэр ситиһиилээхтик сүрэхтэммитэ

Комментарии • 6