«Аал Луук Мас» биэриигэ: Таас Тумус күөнүгэр. Олоҥхо (11.05.22)

Поделиться
HTML-код
  • Опубликовано: 12 дек 2024

Комментарии • 1

  • @Anastassi555
    @Anastassi555 2 года назад +2

    Дьэ бу иһигэр киирэн туран кырдьык да долгутуулаах өйдөтүүлээх ырытыыны кэпсэтиини көрдүм иһиттим, ордук эдэр ыччакка, кэлэр көлүөнэ5э туһаайыылаах ыйытыылары быһаарыылары туруоруу буолла. Убайдарбыт олус да сөпкө таба көрөн Олонхобут бүгүңңү кэмңэ өйдөбүлэ уостаары гыммытын бигэргэтэн ыллыгыт, киһи эмиэ да хараастан ылар, бүгүңңү ыччат хайа суолу батыһыай, хайа диэки хайыһыай, эттиин-хааннын абырыах, сүрэхтиин быардыын ыалдьыах ыйытыытын таарыйдыгыт. Оруо маһы ортотунан диэн эппиттэрин курдук бүгүңңү күңңэ Олонхобут суолтатын уларыта тутаннар, аһары түһэн омуннаатылар, кырдьыга да5аны ол бу араастаан айа сатаан хамнаныылара, сөбө суох эңин араас туттунуулара эбиллэн сабыллан бардылар, ол иһин буолуо Саха киһитэ ылыммат буолара, кыбыста көрөрө, саата саныыра. Сахалар түң былыргыттан омуннарбакка орто кээмэйи тутуһан кэлбит дьоммут, итиэннэ Рустам сөпкө бигэргэттэ - Олонхобут биир ис дьиңэ Орто суолу тутуһуу. Манна эттэххэ бу өбүгэлэрбит олус да мындыр өйдөөх-санаалаах буоланнар Сахалар бачча5а диэри айыл5алыын алтыһан айыл5абытыгар сүгүрүйэн, харыстаан кэллэхпит. Биһиэхэ кырдьа5ас эдьиийбит куруутун үөрэтэр такайар буолара айыл5а5а тахсан мээнэ ыһытааман-хаһытааман, o5o сылдьан киэһээ уон чаас кэннэ сүрүү-көтүү о5олор мустан оонньуу сырыттахпытына чуумпурдар буойар буолара, хойут улаатан баран ону бэйэн эмиэ тутуһар буолар эбиккин. Субу курдук өбүгэлэрбититтэн чуумпутук, аһары түспэккэ, ыраата барбакка орто суолу тутуһан сылдьын диэн кэнэ5эски кэскилбит майгылыын-сигилиилиин сатарыйбатын диэн Олонхобутугар да этэн-тыынан хааллардахтара.